«Зимний фестиваль знаний 2025»

Сценарий концерта "Умнуллубат о5о саас"

Сценарий концерта выпускников и родителей 11 класса. сценарий написан на якутском языке

Олимпиады: История России 6 - 11 классы

Содержимое разработки

Үтүө киэһэнэн күндү көрөөччүлэр!

Сандал саас сандааран кэлбитинэн,

Күндүл саас күндээрэн кэлбитинэн

Ньидьили орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрин уонна төрөппүттэрин ааттарыттан итии-истиҥ эҕэрдэ буолуохтун!

Бу киэһэ эһиэхэ эрэ анаан бэйэбит күүспүтүнэн туруорбут концерпытын бэлэхтиэхпит иннинэ кылаас олоҕуттан кылгастык билиһиннэрэрбин көҥүллээҥ:

Быйыл оскуоланы бүтэрэн олох аартыгар үктэнээри сылдьар 11 кылаас оҕолоро хайдах-туох үөрэхтээх, олоххо төһө көхтөөх эбиттэр диэн интэриэһиргииргит биллэр.

Бу кылааска 13 оҕо биир ыал оҕотун курдук иллээхтик-эйэлээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Кылааска 4 оҕо оскуола бастыҥ үөрэхтээх оҕолоро буолаллар.

Кылаас кэрэ кыргыттарын туһунан этэр буоллахха, кыргыттар талбыт курдук талба талааннаах кыргыттар. Ол курдук, «Тэтим» үҥкүү ансаамбылыгар үҥкүүлээн хас буолар бырааһынньыгы киэргэтэллэр. Бу аҕыйах хонуктааҕыта Тыайаҕа үҥкүү күрэҕэр бастаан, үөрүү өрөгөйүн биллилэр.

Маны таһынан, Ыллыыр Мыраан улуустааҕы ыырыа күрэҕэр активнай кыттыыны ылаллар, Аина Эверстова 2-с лауреат буолбута, Дьяконова Маша эмиэ 2-с лауреат, дипломан буолбута. Оҕо Уруһуйун Бүтүн Россиятааҕы конкурсугар кыттыбыттара.

Кыргыттар спортивнай күрэхтэргэ эмиэ ситиһиилээхтик кытталлар. Волейболунан дьарыктаналлар. Үөрэхтэригэр кыһаналларын таһынан улуустааҕы, региональнай, республиканскай НПК-ларга ситиһиилээхтик кытталлар. Ол курдук, Варя Эверстова доклад ааҕан, улууска бастаан, республиканскай НПК-ҕа кыттан 2-с миэстэ буолан Санкт-Петербург куоракка конференцияҕа бараары сылдьар, быйылгы президентскай елкаҕа барар чиэскэ тиксибитэ.

Маша Данилова улуус выпускниктарын балыгар «Талбаана Куо» аатын ылбыта, улуустааҕы НПК-ҕа I миэстэлээх, улуус главатын елкатын кыттыылааҕа.

Охлопкова Юлия эмиэ улуус НПК-тын кыттыылааҕа.

Уолаттар осуола олоҕор активнай кыттыыны ылаллар.

Игнатьев Дима улууска бокс күрэҕэр 2 төгүллээх чемпиона. Ыллыыр Мыраан улуустааҕы ырыа күрэҕэр лауреат, онтон Гран-при ааттарын ылаттаабыта. Ыллыыр Мырааҥҥа баран ырыаҕа уһуйуллан, быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы «Бриллиантовая нотка» күрэххэ баран кыттан 2-с степеннээх дипломан, дуэкка ыллаһан 3-c степеннээх лауреат аатын ылан бу күрэх иккис түһүмэҕэр Сочи куоракка барар ыҥырыы тутан кэллэ.

Андросов Вова – боксаҕа республиканскай күрэхтэһиилэр призердара, улуус боксаҕа чемпиона, ____________ Обутов уонна А_________ Е____________ Ноговицын, А_______ Петров аатынан турнирдар призердара, улуустааҕы, республиканскай НПК-лар дипломаннара, волейболунан дьарыктанар.

Борисов Владик – атах оонньуутугар оскуола биир бастыҥ спортсмена, элбэх күрэхтэһиилэргэ иккис миэстэлээх, улуустааҕы, региональнай НПК-лар кыттыылааҕа, дипломана, музыканан үлүһүйэн дьарыктанар, оскуола мероприятиеларыгар музыкальнай аппаратураны бэрийээччи, волейболист.

Федотов Айыл – оскуола биир бастыҥ спортсмена, атах оонньууларыгар призер, волейболист, улуустааҕы НПК-ҕа кыттааччы.

Кылаас оскуола иһинэн ыытыллар күрэхтэһиилэргэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьар, улуустааҕы «Эрэл» спортивнай күрэхтэһиигэ кытталлар, Ньидьили орто оскуолата «Эрэл» нормативын туттарыыга элбэх сыл бастакы миэстэҕэ сылдьар. онно бу биһиги оҕолорбут кылааттара элбэх.

Маны таһынан волонтерскай, тимуровскай үлэлэргэ, субботниктарга көхтөөхтүк кытталлар.

Дьэ, бу курдук улахан олох аартыгар үктэнэргэ бэлэмнэнэн 11 кылаас оҕолоро ЕГЭ-лэрин туттараары оҥостоллор.

Тылы биэрэбит төрөппүт комитетын председателигэр Николай Эверстовка.












СЦЕНАРИЙ

  1. Хор «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ»

  2. Оҕо буолан оонньообут

Оскуолатааҕы сылларым

Олус даҕаны күндүгүт

Өйбөр өрүү сылдьаҕыт

Соло «Оскуолатаа5ы сылларым» Николай Эверстов

  1. Сүрэххэ сыһыаран

Түһэххэр көтөҕөн

Түүннэри-күннэри

Көмүстүү бүөбэйдээн

Көтүппүтүҥ көччөх гынан

Күн ийэккэм барахсан.

Соло «Күн ийэм алгыһын ыламмын» ыллыыр Международнай ырыа күрэҕин дипломана Дима Игнатьев.

  1. Кынтаҕаркаан бэйэлээх,

Кыталыктыыр кыылым,

Кыҥкыната ыллаата,

Кылбаарыйа дайда,

Көстөр кэрэ дьүһүнэ

Күнүм сирин киэргэттэ

Үҥкүү «Кыталык»

  1. Эһиэхэ бэйэтин ырыатын бэлэхтиир СР культуратын туйгуна, сцена ветерана «Ньидьили уолаттара» ансамбль ырыаһыта Дмитрий Дьяконов.

  2. «Сатамматах киинэ» – сценка

  3. «Монгольскай үҥкүү» толороллор улуустааҕы “Тэбэнэт» үҥкүү конкурсун кыайыылааҕа «Тэтим» үҥкүү бөлөҕө.

  4. Күн айыы санаалаах,

Эйэҕэс мичээрдээх,

Ийэккэм барахсан!

Биһигиҥ ырыатын

Билигин даҕаны,

Истэргэ дылыбын.

Дуэт «Ийэҕэ махтал» толороллор бөһүөлэккэ ыытыллыбыт «Икки сулус» ырыа күрэҕин Гран-при хаһаайыттара Майя Эверстова, Альберт Борисов.

  1. Уолаттар толорууларыгар ансамбль.

  2. Сценка “_____________________________________”

  3. «Тэтим» бөлөх толоруутугар

Ичигэс дойдулаах

Итии хааннаах

Испания омук үҥкүүтүн

Болҕойоргутугар ыҥырабыт.

  1. Ыллыыр Мыраан 2-с степеннээх лауреата Маша Дьяконова толоруутугар соло: «Оо, тоҕо

  2. Саймаархай салгыннаах,

Ынах сайдыыр саҥалаах,

Унаар түптэ буруолаах,

Сайдам-сайаҕас дьоннордоох

Сайылыгым барахсан –

Арахпаккын эбээт санааттан!

Трио – «Сайылык»

  1. Сири симии үүнэллэр

Сиэдэрэйкээн сибэккилэр

Сүрэҕи үөрдэ, санааны манньыта

Сибэкки ыһыаҕын ыһаллар.

Стеапан Васильев ырыаларын толорууга республикатааҕы күөн күрэс 1 степеннээх дипломана Майя Эверстова толорор «Сибэккилэр».

  1. Китайскай үҥкүү – «Тэтим» үҥкүү бөлөҕүн толруутугар.

  2. Кэрэ кэскил кыраайбын

Кэбээйибин таптыыбын

Соло «Саҥа Кэбээйи» - Дима Игнатьев.

  1. Оо, олох барахсан, хаһан да

Салгыппат аптааххын

Остуоруйа кэриэтэ

Уҕараабат умсулҕаннааххын

Соло «Остуоруйа кэриэтэ» - Николай Эверстов.

  1. Чэйиҥ эрэ, эргиллэн,

Ааспыт кэми көрүөҕүҥ!

Эбээлэрбит, ийэлэрбит,

Тугу кэппит эбиттэр?

Эһиги иннигитигэр ааспыт кэм муодата.

  1. Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын,

Мырааҥҥа көрүс күн тахсыытын,

Эн өрүү инники сырдыыгын

Эн өрүү сүрэхпэр ыллыыгын.

Элбэх ырыа конкурсун лауреата, дипломана буолбут «Ньидьили уолаттара» ансамбль ырыаһыта СР үөрэҕириитин туйгуна, ветеран учуутал Альберт Борисов.

  1. Дьахталлар ансаамбыллара.

  2. Вальс _________________________________________

  3. Оҕо саас ааһыаҕа,

Олох аартыга арыллыаҕа,

Өйгө өрүү хаалыаҕа,

Оскуолабыт сыллара!

Хор «Умнуллубат 10 кылаас»



Түмүк тыл _______________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________________





Получите свидетельство о публикации сразу после загрузки работы



Получите бесплатно свидетельство о публикации сразу после добавления разработки


Олимпиады «Зимний фестиваль знаний 2025»

Комплекты учителю



Качественные видеоуроки, тесты и практикумы для вашей удобной работы

Подробнее

Вебинары для учителей



Бесплатное участие и возможность получить свидетельство об участии в вебинаре.


Подробнее