«Зимний фестиваль знаний 2025»

Алын кылаастарга тойонноон өйтөн суруйууну үөрэтии

Обучение написанию сочинения рассуждения в начальных классах Республики Саха (Якутия)

Олимпиады: Литературное чтение 1 - 4 классы

Содержимое разработки

Тема проекта

«Алын кылаастарга тойонноон өйтөн суруйууга үөрэтии»

Проект моһоло:

Алын кылаас үөрэнээччилэригэр Бүтүн Арассыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэ ыытыллар. Олоххо билбититтэн, аахпытыттан холобурдаан сибээстээх тиэкиһи оҥоруу нуучча тылыгар уонна тулалыыр эйгэ сорудахтарыгар ирдэниллэллэр. Бу ылбыт сатабыллара үрдүкү кылаастарга тойонноон айар үлэни суруйалларыгар уонна БКЭ-ни ситиһиилээхтик туттаралларыгар көмөлөһүөхтээх. 4 кылааска бэрэбиэркэлиир үлэлэр нууччалыы тылынан бэриллэллэр. Бу үлэлэр түмүктэрин ырытан көрөн маннык ыарахаттары таһаардыбыт: бэриллибит айар сорудахха оҕо көрдөһүүтүн, махтаныытын, аккаастааһынын сөптөөхтүк сатаан тойоонноон быһаарбата көстөр. Төрөөбүт тылынан санаатын сатаан сааһылаан этэр, суруйар оҕо атын тылынан да толорору баһылыыр.

Тоҕооһо

Өйтөн суруйуу - айар үлэ. Иккис көлүөнэ стандартын ирдэбилинэн оҕону айар эйгэ тулалыахтаах. Маҥнайгы кылааска айар үлэ көрүҥнэриттэн сэһэргээһин, ойуулааһын киирэр. Онтон тойоннооһун учуутал көрүүтүгэр хаалар.

Тойоннооһун - ыйытыыларга дакаастабыл быһыытынан тэҥнээн, бэйэтин толкуйун түмүктээн, олоххо билбититтэн, аахпытыттан холобурдаан сибээстээх тиэкиһи оҥоруу.

Тойонноон өйтөн суруйууга үөрэтии маҥнайгы кылаас оҕолорун киһи быһыытынан сайыннарарга туһаайыллыбыт. Үөрэх министиэристибэтин бирикээһинэн, ФГҮөС ирдэбилинэн алын сүһүөх кылаастарыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэлэр ыытыллалларынан үөрэнээччигэ саҥа ирдэбиллэр турдулар. Тустаах үөрэх биридимиэттэрин үөрэтии сатабыла (ситимнээх саҥаны сайыннарыы, сурук-бичик култуурата) - үөрэтэргэ үөрэтии дьайымаллара.

Айар үлэ тэтэрээтигэр уон түөрт көмө матырыйааллар киирдилэр. Бу тэтэрээт оҕо бэйэтэ үлэлииригэр анаммыт.



Проект төрүөтэ

Л.С. Выготскай, учууталлар уонна төрөппүттэр оҕону арыйарга кини ис кыаҕар тирэниэхтээхтэрин эппитэ.

В.В. Давыдов, хас биирдии оҕо айар үлэтигэр тус бэйэтин санаатын толору тиэрдиэхтээх ньыматын ырытан оҥорбута.

М.Р. Львов – үөрэнээччи тылын баайын араас ситуациялары кэпсэтиннэрэн, ырыттаран, бодоруһуу түгэннэрин быһаартаран сайыннарыахха сөбүн ыйбыта.

И.С. Портнягин– оҕону өбүгэ үгэһинэн саха оскуолатыгар иитиини уонна сайыннарыыны бэлиэтээбитэ.

К.С. Чиряев–оҕо иитиитигэр уонна сайдыытыгар олох түгэннэрин туһанары чинчийбитэ.

Проект саҥа сүүрээнэ

Проект саҥа сүүрээнинэн алын кылаас оҕото тойонноон айар тэтэрээти оҥоруу.


Проект сыала: тойоонноон айан суруйуу нөҥүө, алын кылаас оҕотун тус уратытын сайыннарыы.

Проект соруктара:
1. Биир кэлим бэрэбиэркэлиир үлэ түмүктэрин ырытыы
2. Тойоннооһун айар үлэ тиэмэлэрин ырытан оҥоруу
3. Тойоннооһун айар үлэ тэтэрээттэрин кылааһынан наардаан оҥоруу
4. Алын кылааска тойонноон суруйуу үөрэтэр ньыматын чопчулааһын
5. Оҕо сайдыытын кэтээн көрөр сөптөөх критерийдэрин булуу


Бу үлэбит ФГҮөС дьарыктарыгар туһаайыллар. Кыра оҕо санаатын сааһылаан, тойонноон этэн ситимнээх саҥатын сайыннарарыгар ананар. Дьарыктар бодоруһуу тиэмэлэринэн таҥыллан оҥоһулуннулар. Нэдиэлэҕэ 1 чааһынан бэриллэллэр.

1 кылааска - 30 чаас

2 кылааска – 30 чаас

3 кылааска – 30 чаас

4 кылааска – 30 чаас


Дьарык тутула

1 кылаас

  • 1-2 чиэппэр тылынан үлэ

  • 3-4 чиэппэр суругунан үлэ

  • Тиэмэ: учуутал

  • Моһоло: учуутал

  • Ыйытыктар:

  • Түмүк:

  • Көмө тыллар


2 кылаас

  • тылынан үлэ

  • суругунан үлэ

  • Тиэмэ: учуутал

  • Моһоло: үөрэнээччи

  • Ыйытыктар:

  • Түмүк:

  • Көмө тыллар


3 кылаас

  • суругунан үлэ

  • Тиэмэ: учуутал

  • Моһоло: үөрэнээччи

  • Ыйытыктар:

  • Түмүк:

  • Көмө тыллар


4 кылаас

  • суругунан үлэ

  • Тиэмэ: учуутал

  • Моһоло: үөрэнээччи

  • Көмө тыллар

  • Ыйытыктар:

  • Түмүк:


Өйтөн суруйуу айар суола


Өйтөн суруйуу көрүҥнэрэ

1 кылаас

2 кылаас

3 кылаас

4 кылаас

Дакаастабыллаах тойоннооһун

Учуутал көмөтүнэн тиэмэ ис хоһоонун сөптөөх уонна сөбө суоҕун тылынан дакаастыыр сатабылын сайыннарыы

Учуутал көмөтүнэн тиэмэ ис хоһоонун сөптөөх уонна сөбө суоҕун олохтон холобур аҕалан дакаастыыр сатабылын сайыннарыы

Учуутал көмөтүнэн тиэмэ ис хоһоонун сөптөөх уонна сөбө суоҕун итэҕэтэр холобурдаах этиилэри аҕалан дакаастыыр сатабылын сайыннарыы

Тиэмэ ис хоһоонун сөптөөх уонна сөбө суоҕун итэҕэтэр холобурдаах этиилэри аҕалан дакаастыыр сатабылын сайыннарыы

Быһаарыылаах тойоннооһун

1-2 этиинэн тиэмэ ис хоһоонун быһаарар сатабылын сайыннарыы

3-4 этиинэн тиэмэ ис хоһоонун быһаарар сатабылын сайыннарыы

5-6 этиинэн тиэмэ ис хоһоонун быһаарар сатабылын сайыннарыы

6 итэҕэһэ суох этиинэн тиэмэ ис хоһоонун быһаарар сатабылын сайыннарыы

Ырытыылаах тойоннооһун

Ыйытыы көмөтүнэн тиэмэ ис хоһоонун ырытар сатабылын сайыннарыы

Ыйытыы көмөтүнэн 3-4 этиинэн тиэмэ ис хоһоонун ырытар сатабылын сайыннарыы

Ыйытыы көмөтүнэн

5-6 этиинэн тиэмэ ис хоһоонун ырытар сатабылын сайыннарыы

Ыйытыы көмөтүнэн

6-тан итэҕэһэ суох этиинэн тиэмэ ис хоһоонун ырытар сатабылын сайыннарыы


Дакаастабыллаах тойоннооһун

Туох эмэ кырдьыктааҕын, чахчылааҕын көрдөрөр, тирэх буолар этиилэр.

Быһаарыылаах тойоннооһун

Ис хоһоонун, сүнньүн быһаарар этиилэр.

Ырытыылаах тойоннооһун

Сиһилии, саас-сааһынан

хоруйдуур этиилэр.


Оҕо үлэтин сыаналааһын кэрдииһэ

1 кылаас

  • Өйтөн суруйуу сүрүн санаатын өйдөөһүн

  • Тиэмэни арыйыы

  • Түмүк оҥоруу

  • Сөпкө суруйуу

2 кылаас

  • Өйтөн суруйуу сүрүн санаатын быһаарыы

  • Бэйэ санаатын сааһылаан этии

  • Түмүк оҥоруу

  • Сөпкө суруйуу

3 кылаас

  • Өйтөн суруйуу сүрүн санаатын быһаарыы

  • Бэйэ санаатын сааһылаан этии

  • Итэҕэтэр холобурдаах этиилэри аҕалыы

  • 40-50 тыллаах тиэкиһи суруйуу

  • Түмүк оҥоруу

  • Сөпкө суруйуу

4 кылаас

  • Өйтөн суруйуу сүрүн санаатын быһаарыы

  • Бэйэ санаатын сааһылаан этии

  • Итэҕэтэр холобурдаах этиилэри аҕалыы

  • 70 тылтан итэҕэһэ суох тиэкиһи суруйуу

  • Түмүк оҥоруу

  • Сөпкө суруйуу



Получите свидетельство о публикации сразу после загрузки работы



Получите бесплатно свидетельство о публикации сразу после добавления разработки


Олимпиады «Зимний фестиваль знаний 2025»

Комплекты учителю



Качественные видеоуроки, тесты и практикумы для вашей удобной работы

Подробнее

Вебинары для учителей



Бесплатное участие и возможность получить свидетельство об участии в вебинаре.


Подробнее